Эбээм туһунан тугу билэрбин уонна кини кэпсээннэриттэн суруйдум.
Мин эбээм аата Петрова Варвара Николаевна диэн кыыс эрдэнээҕи араспаанньата Осипова. Кини 1921 сыллаахха ыам ыйыгар күнэ биллибэт Өлүөхүмэ оройуонугар Саҥыйахтаах диэн кыра дэриэбинэҕэ күн сирин көрбүт. Икки өттүттэн тулаайах буолан эбээтигэр уонна таайыгар иитиллибит. Кинилэр таба ииттэн үлэлээн-хамнаан олорбуттар. Сайынын табаларын кытта ыраах тайҕаҕа палатканнан көһөн тахсаллар эбит. Эбээтэ сайынын күнүн аайы палаткаларыгар саҥаттан саҥа оту үргээн киллэрэн тэлгээтэҕинэ палаткаларын иһэ сибиэһэй от сытынан тунуйарын астынан туран кэпсиирэ. Күүстээх ардахха этиҥ алдьархай улахан тыаһа, чаҕылхан сандаарар уота олох аһаҕас халлаан анныгар сытан куттанар да этим диэн кэпсиирэ. Ииппит дьоно суох буолбуттарын кэннэ кыра оҕолордоох ыалларга оҕо көрөөччүннэн, көмөлөһөөччүннэн көһө сылдьан олорон улааппыт. Эдэр оҕо сылдьан соҕотох олорбут сыстыганнаах ыарыылаах дьон сылдьыбат эмээхсинигэр аһыныгас сүрэхтээх буолан буойсалларын үрдүнэн дьиэтин сууйан-сотон көмөлөһөр эбит. Сэрии саҕаламмытыгар 20-лээх эдэр кыыс ыарахан араас үлэ бөҕөтүн холкуоска үлэлээбит. Эр дьон бары фроҥҥа барбыттарыгар саамай ыарахан кэмнэрин долгуйан туран кэпсиир буолара. Тымныы кыһын чараас таҥастаах сарсыардаттан оскуолаҕа уонна дьиэлэргэ дьүөгэтинээн иккиэн оттукка диэн хаппыт маһы суулларан сыарҕалаах акка тиэйэн киллэрэн оһох оттор үлэлээхтэр эбит. Сатаан барбатахтарына тоҥоллоругар тиийэллэр эбит. Аны астара кырыымчыга, үлэлиир дьоҥҥо кыра бурдук биэрэллэрин ону убаҕас тиэстэ оҥостон оһох билиитэтигэр чараас гына кутан буһара туһэн сиэн үлэлэригэр бараахтыыллар эбит, киэһээ кэлэн эмиэ оннук оҥостон буһаран сииллэр уонна атын аһылыктара суох эбит. Түөрт кылааһы бүтэрбит буолан оскуолаҕа оҕолору үөрэтэр уонна оһоҕу оттор эбит. Пиэрмэҕэ ыанньыксыттаабыт даҕаны ыарахан үлэни билбит барахсан этэ. Сэрии аччык дьылларыгар хоргуйуу буолбутугар кыаҕа баарынан аччыктаан кыаммат буолбут элбэх дьоҥҥо көмөлөһө сатаабыт. Бурдук үүннэрэн туорааҕын хомуйан миэлинсэҕэ мэһийэллэр эбит, онно биир саҥа улаатан эрэр уол оҕо хоргуйан сытарын көрө-истэ, аһата сатаабытын үрдүнэн ол оҕо эрэйдээх өрүттүбэккэ эбээм илиитигэр сытан быстыбытын хомойон, хоргутан олорон кэпсээбитэ. Дэриэбинэ олохтоохторо аһыыр аһылыктара суоҕуттан ыал ыалынан хоргуйбуттарын кэпсээбитин билигин да олох умнубаппын. Бэйэтин кыанар эрдэҕинэ түргэн-тарҕан, ыраас туттуулаах, ас арааһын астыыр, иистэнэр, үөрүнньэҥ, ыалдьытымсах сырдык сэбэрэлээх улахан эмээхсин этэ. Эдэр эрдэҕиттэн чүмэчи уотугар түүннэри дьоҥҥо аккаастаабакка эргэ таҥаһы эргиттэрэн саҥа көруҥнээн сакааска иистэнэр эбит ол сылдьан харахтарын харыстаабакка мөлтөппут, биир хараҕын олох да ылан бырахпыттар иккиһэ сырдатан көрөр этэ. Кэнники икки хараҕа көрбөт буолан илиитин иминэн барыны-бары оҥороро тэһийэн олорбот идэлээҕэ ол сылдьан дьиэтигэр охтон түһэн өттүгүн тоһутан тоҕус сыл суорҕаннаах тэллэххэ сыппыта. Эһээбитин Бөккөй Бүөтуру кытта сэрии кэннэ пиэрмэҕэ улэлии сылдьан сөбүлүү көрсүбүттэр. Сэрии саҕана уонна кэнниттэн эһээм тыылга уонна сэриигэ таһаҕас таһар улахан борохуот мотуруоһунан онтон хапытаанынан улэлээбит. Холкуоска үлэһит кыыһы ыытымаары кэргэн тахсарын бопсубуттар эбит ол иһин эр бэрдэ түүн тыыннан кэлэн күрэтэн илдьэн борохуотка асчытынан улэлэппит уонна онно сүрэхтэрин холбоон ыал буолбуттар. Бастакы уол оҕолоро аҕатын уутааҕы күлүгэ эбитэ уһу, сүүрэ сылдьар оҕо хомойуох иһин ыалдьан олохтон туораабыт онтон биһиги ийэбит Ольга төрүүр уонна Спартак диэн уолламмыттар эбит. Эбэлээх эһээм 50-тэн тахса сыл бииргэ эйэ дэмнээхтик олорбуттара. Эдэр саастарыгар нуучча сиригэр Алдаҥҥа, Томмотко онтон кэлин 60-нарыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран кыыстарын уонна сиэттэрин батыһан Ньурбаҕа көһөн кэлбиттэр. Эһээм Чуукаар Андайбытыттан төрүттээх буолан дойдутугар Ньурбаҕа онтон Араҥастаахха кэлэн биһигини көрсөн-харайсан улаатыннарсыбыт Күн тэҥэ дьоннорбут буолаллар. Биһиги эдьиийбинээн эбээ-эһээ тапталларын, итии-истиҥ сыһыаннарын билэн улааппыт дьоллоох дьоннорбут. Эбээм бииргэ төрөөбүттэриттэн Тарас диэн быраатын Аҕа дойду сэриитигэр баран сураҕа суох суппутэ диэн кэпсиирин өйдөөн хаалбыппын, атыттары билбэт эбиппин. Эбээлэринэн чугас уруу балтылардааҕын билэбит уонна аймахтаһабыт. Поля улаханнара Покровскайга олорбута хас да оҕолордооҕо, сэннэрдээҕэ. Зоя Ивановна Сивцева диэн балта 85 сааһын ааспыта Дьокуускай куоратка улахан уолугар Андрейга, кини дьиэ кэргэнигэр көрдөрөн быр-бааччы олорор, сороҕор тугу гынарын умнаахтыыр буолбут. Сиэннэрэ, хос сиэттэрэ элбэхтэр. Кэнники эбээ Зоя кыра балтытын Ньурба5а олорор Иринаны кытта ийэм билсибитэ билигин дьүөгэлиилэр. Ирина биир кыыстаах элбэх сиэннэрдээх. Эбээлээх-эһээбит билигин соҕотох кыыстарыттан сиэннэр 3-пут, 12 хос сиэттэрдээхтэр уонна 8 хос-хос сиэннэрдээрдээхтэр. Инники ыччаттарбыт өссө кэлэн, тэнийэн иһиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит. Кун тэҥэ дьоннорбут билигин биһиэхэ уонна биһиги сиэттэрбитигэр үөһэттэн көрө-истэ, арчылыы-араначчылыы сылдьар Ытык Төрүттэрбит буолаллар. Суруйдум сиэнэ Александрова Туонньа- Таайа Атырдьах ыйын 19 күнэ 2023сыл Ньурба куората Эбээм Көххө-нэмҥэ кыттыһан Элэккэй да киһичээн Олус холку майгылаах Сайаҕас да мичээрдээх Эбээм миэнэ ып-ыраас Минньигэс да астардаах Куруук кини ас сыттаах Өйүн үөһээ сып- сытыы Харах көрбөт кыһалҕа Атах уйбат дьэ кыһыы Сааһырбытын билинэн Сыттык, суорҕан доҕордоох Орон, дьыбаан атастаах Уһун-уһун сылларга Аһыы сыппыт буруйдаах Уһун уугар ылларан Бараахтаатын ол сайын Быраһаайбыт, бырастыы Барахсаммыт эйиэхэ… Таайа олунньу 14 күнэ 2023с.